Ыстатыйалар, кэпсээннэр, санаалар

Быйылгы айдааннаах кус сезона

Кус 23.4.2004. Быйылгы курдук меккуердээх кус сезонун, арааhа, мин да эн да керсе иликпит буолуо. Биир кун тойоттор, уерэхтээхтэр мустан субэлэhэннэр биир кэми болдьоон, илии баттаатылар. Сорох сити кун тиэтэлинэн сэп-сэбиргэл тэринэн, тыалаары "кынатын куурдуна" олорон арай радионан иhиттэ - быйыл кус булда булгуччу бобуллар! Бэйи, бэйи... Оччо5о ити бэ5эhээни "Саха сирэгэр" суруллубут правительство дьаhала тугуй? "Утка" диэн итини этэн эрдэхтэрэ... Дьэ, бэртээхэй кус сезона са5аланан эрэр эбит ээ!

Бэчээт бэтиэхэтэ

Бу куннэргэ бэчээти, радионы, интернеты кэтээбит киhи тун-тан иhитиннэриилэргэ тубэстэ. "Саха сирэ" хаhыат муус устар 22 кунугэр правительство дьаhалын таhаарбыт. Онно этиллэринэн киин улуустарга кус сезона ыам ыйын 10 кунуттэн 16 кунугэр диэри кенуллэммит. ЯСИА баар суох кэтэhэр, эрэнэр агентствобыт кунтэн кун, чаастан чаас аайы атын-атын сонуну биэрэн истэ. Журналистка Ирина Васильева кус сезонун туhунан таhаарбыт тиhэх сонуннарыгар биир тексты икки атын-атын заголовоктаан суруйбут (ссылкалары кер). Тиhэ5эр "Кус булда хотугу улуустарга эрэ кенуллэнэр" диэн буолбут.

"Кей салгын кетер кынаттаа5ын ыдьырыччы буhаран"

Кус этэ - олус инэмтэлээх, минньигэс, аныгылыы эттэххэ "диетическай" эт буолар. Былыргы олонхолорбут кэпсииллэринэн, ыалдьыбыт киhиэхэ эбэтэр кыыс о5о5о кус этин - "кей салгын кетер кынаттаа5ын" - буhаран сиэтэллэр. Билигин, уерэхтээхтэр этэллэринэн, куурусса эбэтэр кус ыарыытын вируhа (A-H5N1) урдук температураны тулуйбат эбит. Онон кус этин ыдьырыччы буhаран сиэтэххэ эйиэхэ да миэхэ да учугэй.

Ньаадьы уйата Со5уруу Азия

Со5уруу Азия5а киhи-суеhу барыта биир кыара5ас сиргэ симиллэн олорор. Куhу кинилэр клеткаларга хаайан иитэллэр, инкубатор курдук. Онно биир кетер ыарыйда5ына атын кетер барыта суhурэр. Керер дьон, гигиенаны тутуспат буоллахтарына, эмиэ сысталлар. Аны бу вирус киhиттэн киhигэ тар5анара наука5а биллэ илик. Сурун куттала диэн - грипптыы сылдьар киhи грипптыы сылдьар кетерге сыhынна5ына вирус гена мутациялаан (уларыйан) дьонно барытыгар кутталлаах модьу вирус буолуон сеп.

Грииптээбит кус сордоох

Ыарыыга ылларбыт кетер уhаабыта а5ыйах кун буолар, доруобуйата адьаhын мелтуур, а5ыйах чаас, кун иhинэн охтор. Вируhа тумсугар уонна "куhа5аныгар" баар буолар, онно ымньаммыт дьон ыалдьар. Со5уруу Азия дойдуларыгар суруннээн куурусса эбэтэр дьиэтээ5и кус саа5ыгар оонньуу сылдьыбыт о5олор ыалдьыбыттар. Эбэтэр кетеру эттиир дьон сыстыбыттар. Эмчиттэр идэлэринэн кетердуун киирсэр дьонно эрэhиинэ бэрчээккэни, маарыла маасканы тутталларыгар субэлииллэр. Эрдэтинэ грипптан утары прививкаланын дииллэр.

"Кетер грибынан" суруннээн клетка5а эбэтэр анал ферма5а иитиллэр куурусса, кус уонна индюк ыалдьыбыт. Оттон дьиикэй кетер ыалдьара международнай тэрилтэлэр ыйалларынан "сэдэх кестуу" эбит. Ыалдьыбыт кус тыына мелтуур, сэниэтэ эстэр, сымыыттаабат буолар диэбиттэр. Итинник сэниэтэ эстибит кус Со5уруу Азияттан биhиэхэ диэри уhун сыралаах айаны тулуйан кэлэрэ буолуо дуо?

"Ке5ен кетте5унэ чыккый хаалбат"

Хоту улуустарга кус кенулэ 9 кун диэн буолла: ыам ыйын 29-тан бэс ыйын 7-тигэр дылы кенуллэммит. Бээ эрэ, тойотторбут туох дии санаан хотугу улуустарга куhу кенуллээбиттэрэ буолла? Толкуйдуу сатаан баран, субугурдук хоруйдарга кэллим:

  1. Ыарыhах кус хоту улуустарга тиийбэккэ аара елер (холобур, биhиги алаастарбытыгар суhурбут кус эбэтэр бэйэтэ елер, эбэтэр кинини ханнык эмит талах курдаах эр бэрдэ куерэтэн туhэрэр). Хоту муора кытылын доруобай эрэ кус булар - Дарвин эппит "естественнай отборун" сокуонунан.
  2. Хоту улуустарга киhи аhыныах дьоно хаалбатахтар, эдэр кыахтаах етте киин сиргэ кеспут. Киhи ыарыйда5ына да5аны эмтиир киhи чугас энэринэн суох. Эбэтэр хотугу улуустары "подопытнай кролик" онорбуттар.
  3. Кус ыарыыта диэн дьон хара5ын баайыы - кус ахсаана а5ыйаата, кустуох киhи элбээтэ! Омук туристарыгар кенуллуубут - кинилэри "Ытык Кэрэ Сирдэрбитин" бураанынан тэбистэрэ а5алабыт дии.
  4. уо.д.а.

Хоруй элбэх буолуон сеп, кырдьыгы ким билбитэ баарай. Эбэтэр "ке5еттер" нэhилиэнньэ5э дьин куттал баарыгар-суо5угар наадыйбакка, бертулуеттэринэн тиийэн бэйэлэригэр ол-бу мэhэйэ суох бултуур сири анаммыттар. Оттон ебугэлэрбит барахсаттар туох дииллэр этэй? - "Ке5ен кетте5унэ, чыккый хаалбат"!

Кустуон Ба5арбыт
23.04.2004
Бэйэбит ссылкаларбыт: Саха бэчээтиттэн: Форум: Тас ссылкалар:


Дойдум | Сонуннар | Форум | Аадырыстар | Кэпсиэм этэ | Фотогалерея | Субэлэр | Ссылкалар | Опрос | Чат | e-mail

Copyright © 2004 Баайа5а сайта, All Rights Reserved

Hosted by uCoz